Киьи бу орто дойдуга үөрэ-көтө, олох киэҥ аартыгын арыйа кэлэр. Олоххо киһи эрэйи, муҥу, ыарыыны керсүөн сөп. Ол ыарыы, эрэй куһаҕан дьаллыгы батыһыыттан саҕаланар. Биирдэ кэлбит олоххо доруобай, куустээх сылдьарга чөл олоҕу тутуһа сылдьыахха наада. Спорт киһи санаатын күүһүрдэр, этин-хаанын эрчийэр.
Биһиэхэ Нам улууһугар спорт араас керуҥнэрин өрө туталлар, эдэр ыччат эт -хаан еттунэн сайдарын тутуьар, инники кэскилин кэрэһэлиир.
Бу соторутааҕыта тохсунньу 20 уонна 21 куннэригэр биһиги гимназиябытыгар улуустааҕы кыргыттар уонна уолаттар икки ардыларыгар волейбол курэҕэ ыытыллан ааста.
Уолаттар икки ардыларыгар 8 хамаанда кытынна, онтон кыргыттар икки ардыларыгар 6 кэрэ анар хамаандата күүһүн-уоҕун көрдөрөн бардылар.
Тыҥааһыннаах оонньуу тумугунэн уолаттар икки ардыларыгар 1-кы миэстэни Хатырык орто оскуолата иҥэриннэ, онтон 2-ис миэстэни Нам улуустаа5ы гимназиятын куустээх анардара ыллылар, 3-ус миэстэни 2 Хомустаах ылан барда.
Кыргыттар икки ардыларыгар Нам улууста5ы гимназиятын хамаандата кыайда, 2-ис миэстэни 1 Хомустаах спортсменнара ыллылар, 3-ус миэстэни Нам бастакы нүөмэрдээх оскуолата ылла.
Инники кэскилгэ спорду өрө тутааччылар улахан холобур буолаллар. Инникигэ Наммыт оскуолаларын хамаандаларыгар ситиһиилэри эрэ баҕарабын. Хамаандалары бэлэмнээбит
|